top of page
оля пост.png

Дорооболорун!

Норуот тыына-дьылҕата, кини киһи аймах культуратыгар киллэрэр кылаата төрөөбүт тылыгар, тылынан уус-уран айымньытыгар иҥэн сылдьар. Ол иһин төрөөбүт тылын, фольклорун билэр киһи бэйэтин норуотун ытыктыыр, таптыыр, кининэн киэн тутта иитиллэр.

Онон сиэттэрэн Smart-библиотека иһинэн үлэлиир Smart-этно студия сыала –соруга диэн саха омук дириҥ култууратын, ырыатын-тойугун, төрүт дорҕооннорун, сиэрин-туомун кэлэр кэнчээри ыччакка иҥэрии буолар. Ол курдук хомуһу саҥа илиилэригэр тутааччыларга аналлаах «Хомус алыптаах дорҕооно» уонна саха омук ырыатын-тойугун, оһуокайын, олоҥхотун, чабырҕаҕын, төрүт үгэстэригэр үөрэтэр «Ethno-music» диэн курстары ыытабыт, улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго арааран. 

Курстартан араас ураты проектардаахпыт. Ол курдук олоҥхо курдук сүдү айымньыны дьоммутугар-сэргэбитигэр тириэрдэр сыалтан «Олоҥхо-time», саха ырыатын-тойугун, фольклорун билиһиннэрэр «Ethno-music» диэн сахалыы подкаст, саха норуотун төрүт үгэстэрин, итэҕэлин сиэрин-туомун кэпсиир «Өбүгэ үгэһэ» диэн биэриилэри SMART-билиотека социальнай эйгэтигэр таһаарабыт.

Мин санаабар төрүт итэҕэлбитин тутустахпытына, тылбытын-өспүтүн, төрүт дорҕооммутун, ырыабытын-тойукпутун илдьэ сырыттахпытына норуот быһыытынан сайдар, атын норуоттары кытта тэҥҥэ туруулаһар кыахтаахпыт.

Всем привет! 
Меня зовут Ольга Матвеева, являюсь ведущим библиотекарем СМАРТ-библиотеки им. Н.Д. Неустроева. 

Выпускница колледжа культуры и искусств и Арктического государственного института культуры и искусств по специальности народная художественная культура. В библиотеке работаю с 2019 года, по направлению этно-студии.

В рамках этого проекта провожу курсы по игре на хомусе «Хомус алыптаах дорҕооно»,  курсы по устному народному творчеству «Төрүт дорҕоон», курсы обучения на исполнении торжественных песен «Тойук Тоҕойо», а так же множество различных мероприятий по направлению этно.

Основной целью является создание социального и культурного пространства, которое поспособствует народно-художественному, духовному и эстетическому развитию обучающихся (пользователей), при этом сохраняя традиции народа саха. 

bottom of page